12+
Хоhооннор

Объем: 234 бумажных стр.

Формат: epub, fb2, pdfRead, mobi

Подробнее

Афанасьев Артемий Викторович — Артыамый

Бэйэм туспунан кылгастык

1950 сыллаахха Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгэр, Төҥүттэ алааһыгар төрөөбүтүм. 1966 с. Чычымах аҕыс кылаастаах оскуолатын, 1968 с. Харбалаах орто оскуолатын бүтэрбитим. 1974 с. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын орто сүһүөх салайааччыларын бэлэмниир техникумун «Зоотехник- тэрийээччи» идэлээх бүтэрбитим. Тааттаҕа «Коммунизм» совхоз МСКТ комитетын босхоломмут секретарынан, Орто Халыма улууһун СПТУ-18 маастарынан, Алаһыай совхозка рабочком председателинэн, Алаһыай нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун председателинэн, Орто Амма нэһилиэгин баһылыгынан, «Талкы» комбикорм оҥорор сыах рабочайынан үлэлээбитим. Орто Халыма Кульдино с. кыыһынаан 1973 с. ыал буолан, оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.


Күндү ааҕааччы!


Саха киһитэ буолан төрөөммүн дойдуга тартарыы, ахтылҕан ааспат мискиирэ аалан бэйэм испэр ииппит санааларбын эһиги билиигитигэр таһаардым. Киһи киһи тус туһунан өйдөбүллээх, араас кэм кэрдии быыһык бириэмэтигэр. Онон мин санаам, иэйиим барыгытыгар сөп түбэһиэ диэн санаабыппын, ол да буоллар атынныы өйдөбүллэри күөдьүтэн сырдыкка, кэскиллээххэ ыҥырыахтара диэн эрэнэ саныыбын.

Мин олорон ааспыт сылларым элбэх араас мускууру аастахтара. Үөрүү, өрөгөй да кэмнэрэ, хомолто- хоргутуу ыар күлүгэ да бааллара.

Туох барыта кыраттан саҕаланар уонна улахаҥҥа тириэрдэр аналлаах, ол иһин кыраны өйдөөн көрөр, сыаналыыр киһи олоҕор ситиһиилээх буоларын хойутаан да буоллар өйдөөһүн син биир туһалаах диэх этим.

Бииргэ төрөөбүттэр анабыллара

Күндү быраатым Артыамый!


Хоһоонноргун хомуйан

Күннүк-хомуурунньуккун

Оҥорбуккун астынабын.

Суруллубут суоруллубат,

Хас саҥа күн күндү, кэрэ,

Хоһоон алгыһы айхаллыыбын,

Сэниэ эбэрин уруйдуубун,

Сырдыкка сиэтэрин астынабын.

Хоһоонноргор көрөбүн

Оҕо сааспыт олоҕун:

Дьоллоох оҕо саас,

Ийэ, аҕа, эбэ, эһэ

Толору ыал туруга.

Элбэх оҕо эрчимэ

Этэрээт бэйэтэ.

Эргитэн эттэххэ,

Эриэккэс да кэмнэр

Элэҥнээн ааспыттар.

Сылаас дьиэ, итии чэй,

Сылаас сыһыан, истиҥ мичээр

Сарсыардаттан арыаллыыра.

Сырдык күн кылбайар,

Саҥа күн сандаарар

Остуоруйа дойдута

Ойууланар биһиэхэ.

Сиэннэргиниин сиэттиһэҥҥин

Сэһэргэһэн, сэргэхсийэн,

Үөрүүҥ-көтүүҥ үксээтин,

Үйэҥ, үлэҥ уһаатын!

«Эһиил баччаҕа диэри

Этэҥҥэ буолуоҕуҥ,

Байан-тайан тиийиэҕиҥ»,

Ийэбит этиитин

Ыҥырыы оҥостон,

Ийэбит ууһун уһатыаҕыҥ,

Аҕабыт ууһун аатырдыаҕыҥ,

Дьоллоох буолуоҕуҥ!

Баҕа санаалар, сырдык ыралар

Туола турдуннар,

Кэнчээрилэр кэҥээтиннэр,

Ыччаттар ыал буоллуннар,

Ыаллар туруктаах олордуннар!

Саастаахтар, саллымаҥ

Дьоллоох киһи кырдьар,

Өйөһүҥ, өйдөһүҥ,

Эйэлээх олоруҥ,

Таптааҥ, таптатыҥ,

Талаһыҥ олоххо!

Ситиһии сиэттистин,

Алгыс арыаллаатын!

Эдьиийиҥ Анна Викторовна


Күндү убайым Артемий Викторович!


Саҥа күнү айхаллаан,

Сүрэҕиҥ сылааһын,

Санааларыҥ сырдыгын

Сурукка тиһэн

Салгын ситиминэн

Сэргэхситэ ыытаҥҥын,

Сыыдам олох тэтимигэр

Сиэрдээх ыллыгы тутуһан,

Ситиһии суолугар тахсан,

Сайдыы хонуутугар хаамарга

Сүбэ, өйөбүл буолаҕын.

Союз оҕото буолаҥҥын

Сынтарыйары билиммэккэ,

Стахановтыы үлэ кэмигэр

Суобаскын былаах оҥостон,

Сүүһүнэн комсомол ыччакка

Сирдээччи сулус буолбутуҥ!

Саныыр ол кэм ыччата

Сэргэхтик киэн тутта,

Ситиһиилээх үлэ үөрүүтүн,

Сүүрбүт-көппүт комсомол доҕору!

Сыл-хонук күнэ-дьыла

Сааһырдыбат эйигин,

Санааҥ кэрэҕэ күүһүнэн

Сэргэхсийэҕин күннэтэ.

Сайдам-сайаҕас дьонноргун

Сарсыҥҥыга үөрүү, эрэл тула

Сомоҕолуугун эдэр эрчиминэн,

Саргылаах алгыс тылынан!

Балтыҥ Изабелла Викторовна

2018

Таатта үрэх

Таатта — кыра үрэх,

Тардыыта да кыараҕас,

Түргэн сүүрүгэ аҕыйах,

Өлгөм — чүөмпэтин уута.


Элбэх араас санаа

Чуумпуга хонор сирэ,

Онно сөҥөр ыанньыйан,

Сүөгэйэ, сүмэтэ — барыта.


Улуу үрэҕэр ханыылаан,

Таатта сирэ иитэр

Саха аныгы саарыннарын

Чулуу бастыҥ дьонун.


Алаас, хочо аайытын

Бааллар бэлиэ дьоннор,

Онтон норуот талбыта

Убайбытын Мандар Ууһу.


Олоҕун барытын анаата

Омугун эстэртэн быыһыырга,

Сырдык суолга тахсарга,

Саҥа тыыны угарга.


Сырдык диэки барарга

Салайда, сэниэ киллэрдэ,

Саха аймаҕы уһугуннаран

Убайбыт Мандар Уус бэйэтэ.


Төрүүллэр үйэҕэ биирдэ

Маннык Сүдү дьоннор.

Норуот суолун ыйар

Эркээйи охсор сирдьиттэр.

Улахан эдьиийбитигэр 80 сааһыгар

 А. И. Васильеваҕа ананар

Орто дойдуга устар

Олох оҥочотугар олорсон

Элбэх эргиирдээх моһолу

Эдьиийбит барахсан аастаҕыҥ.

Сылайан, саппаҕыран

Сылаас сиргэ наадыйан

Элбэх быраат, балыс

Эн ааҥҥын астаҕа

Үүттээх итии чэйиҥ

Сымнаҕас, сылаас оронуҥ

Эдьиийдии эйэҕэс сыһыаныҥ

Элбэхтик да үөрдэрэ.

Үөрүү, дьол аргыстаах

Биһигинниин сылдьаргар,

Кырдьары ыраах кыйдаан

Эдьиийбит үйэҥ уһаатын.

Сатал 04.01.2018

Эргиир


Эргийэн кэллэ күммүт,

Эргийэн кэллэ сааспыт,

Эргийэн кэллэ түбүкпүт,

Эргийэр тохтообокко олохпут.

Эргиир олох тохтооботун,

Эргиир аҕала турдун

Эргиччи эйэни, дьолу.


Сатал. 17.05.2018


Олох оргуйар


Күөрэгэйбит ыллаата,

Күөнэхпит көптө,

Кулунчукпут кистээтэ,

Күөхпүт былааһа кэллэ!


Тулалыыр айылҕа

Тохтообокко торолуйар,

Тоҕо бэрдэй, үөрүүтэй,

Тохтообокко олох оргуйар!


Олохтон үөрүөххэ,

Олоххо махтаныахха,

Олохтон үөрэниэххэ,

Олоххо уһуннук олоруохха!


Сатал. 27.05.2018


Бириэмэ сүүрүгэр


Халлааҥҥа тохтообокко

Былыттар усталлар,

Хайдах оҕо сылдьаммыт

Билбэтэхпитий олох түргэнин?


Харбыалаһан аастылар

Биһиги эдэр күннэрбит,

Хойутаан анааран,

Барбыты туппаккын.


Хаалбыт саҥа күннэри

Бүөбэйдээн туһаныах,

Халтай мээнэ ыыппакка,

Баары толору олоруох!


Хойдубут өйбүтүн

Билиибит хасааһын

Харыстаабакка түҥэтиэх,

Барҕарыыны баҕарыах!


Хаалар ыччат дьоммут,

Биһигинэн киэн тутта

Хаамсалларын туһугар

Быстыбакка айыах-тутуох!


Саҥа күнүнэн!

Саҥа саҕахтарынан!

Санааҕыт кэллин!

Сүргэҕит көтөҕүлүннүн!


Харбалаах. 19.06.2018


Санаа


Санаа баар сүдү күүс!

Санаа ханна тиийбэтэҕэй?

Санааҕытын салайыҥ,

Сааһылаан, ыраах ыраҕа,

Ситиһиэххит оччоҕо

Салгыҥҥа ыйаммыт ыраны.

Саҕахтан тахсар күн

Саҥа санааны уматта.

Салгыы олох олорор,

Саҥаны айар-тутар

Санаа ситимин сахта.

Санааҕытын түһэримэҥ,

Санааҕытын көтүтүҥ үрдүккэ.

Санааҕытыттан тутуһуҥ,

Суолгутун онтон ыйдарыҥ!


Харбалаах. 21.06.2018


Олох өрүһэ


Оҕо саас барахсан,

Окко түспүт таммахтыы,

Олус кылгас кэмҥэ

Оһон-сүтэн хаалбыт.


Эдэр саас эрчимэ

Элэҥнэтэн түргэнэ

Эрдэлээбит таас үрэх

Эстэрин кэриэтэ.


Орто саас холкутуйан,

Оннун-сүнньүн булунан,

Оҕо-уруу төрөтөн

Улахан өрүс кэриэтэ.


Кырдьаҕас саас чуумпуран

Тыа иһигэр саспыт

Тыымпы көлүйэлии

Иһийэн, кэтэһэн сытар.


Олох ууттан турар,

Олох уу курдук устар,

Олох куруук баар,

Олох эргийэ турар.


Харбалаах. 23.06.2018


Киэһээҥҥи Аммаҕа


Киэһээҥҥи нууралга

Килэйдэ Аммам ньуура,

Балык оонньуур талаана

Эрилийдэ онно-манна.


Маннык үтүө киэһэҕэ

Эбэм биэрэгэр олорон

Ааспыты, кэлэри санаан

Аттарар кэрэтиэн.


Олоруохха уһуннук,

Үлэлиэххэ элбэхтик,

Дьолу түстүөххэ,

Үөрүүнү үксэтиэххэ.


Харбалаах. 26.06.2018


Дьол өбүгэлэрбититтэн


Сарсын тахсыа саҥа күн

Сарсыарда илиҥҥи саҕаҕы уматан,

Саха дьоно туруо уһуктан

Сөрүүн салгыны ыймахтаан.


Куйаас да буоллар кэрэ

Күөх өҥү ылбыт айылҕа,

Күүс киириэ барыбытыгар

Күрүлгэн олоххо устарга.


Өйбүтүн сытыылаан, дьэҥкэрдэн,

Өрүүтүн үчүгэйгэ талаһан,

Өбүгэ оҥорбут үтүөтүн

Өрө тутуохпут куруутун.


Доҕоттоор, сыалбыт биир:

Дьолу эрэ түстүүбүт,

Дьоҥҥо дьолу баҕарабыт,

Дьолтон олус үөрэбит.


Харбалаах.11.07.2018


Дьэдьэн буста


Дойдум хатыҥ чараҥар

Дьэдьэн сыта дыргыйда,

Ол дьикти сыты батан

Оҕо, дьахтар сүрдэннэ.


Араас иһит барыта

Ас көрдөөн эйэҥэлээтэ,

Арыт олох да иччитэх

Алаһа дьиэтигэр төнүннэ.


Доҕоттоор, тахсыҥ тыаҕа,

Дойдуҥ биэрэр быйаҥа

Олох үөскүүр, үүнэр,

Өлбөт мэҥэ сүмэһинэ.


Харбалаах. 14.07.2018


Сайыҥҥы таммах


Түннүккэ олорон көрөбүн

Халлаантан таммах түһэрин,

Элбэх да таммах баарын

Олус сөҕө саныыбын.


Ааста эбээт былыт,

Этиҥ этэн, чаҕылҕан дапсыйан,

Кини түһэрбит ардаҕа

Сүүнэ күөл буоллаҕа.


Ааһа турда былыт

Сүтэн оһон хаалбакка

Ол аата таммаҕа

Түспэтэх буоллаҕа барыта.


15.07.2018


Көрсүһүү


Орто дойду киэҥ киэлитэ

Киэптэннэ кэпсээн бөҕөнөн,

Икки Улуу дойду арҕаһар

Араас элбэх албаска уйдаран,

Улуутуйан олорор

Аҕа баһылыктар

Көрсөр буолтар күөнтэһэн.


Орто дойду оҕо омуктара

Оҥой-соҥой көрдүлэр кэтэһэн,

Оттон арыый орто баайыылар

Олоп-чолоп тыллаах буоллулар,

Олус халыҥ уруу-аймах

Оччо-бачча уолуйбата бадахтаах.


Күүскэ күүркэтэр күөх дьааһык,

Сылайбакка сааҕыныыр муос холбука,

Сурдурҕаччы суруйар солун хаһыат,

Сүрдүүр-кэптиир суотабай сибээс,

Ханна баран саһабыт,

Тугу истэн уоскуйабыт?!


Харбалаах. 15.07.2018


Сайыҥҥы ардах


Айылҕам сылайда сылаастан,

Былыт таҕыста арҕааттан,

Аммам уута тымныйда,

Булуус уута баһыйда.


Аргыый сэрэнэн таммах

Түстэ сиппит сэбирдэххэ,

Арыт күүһүрэн тирилээн

Тохтообот ыанньыйбыт халлаан.


Алааска ынах ыллыгар

Баһылынна ыраас чалбах,

Айан аартык суолугар

Батыллар бадараан таҕыста.


Көтөр күргүөм саҥата

Быһа биэрбиттии мэлийдэ,

Арай көҕөччөр атыыр

Үөрүн сүтүктээн кистиирэ.


Харбалаах. 22.07.2018


Отчут кыһалҕата


Ыарахан хараҥа былыт

Бүрүйдэ күөх халлааны,

Ыксаабыт отчут барахсан

Бүтэһик мөхсүүтэ дьэ буолла.


Кэлбит уһун ардахха

Буорайыа буоллаҕа хаһааспыт,

Биир күн сыысхала

Охсуулаах да эбит отчукка.


Үүнүүлээх оппут сыттаҕа,

Охсубут сирбит сытыйдаҕа,

Бугул түгэҕэ хараардаҕа,

Барыта наар аанньа буоллаҕа.


Сынньанар, сөтүөлүүр дьоннорбут

Састылар кураанах дьиэлэргэ.

Ардах түһэрэ кинилэргэ

Кэрэ көстүү, романтика.


Харбалаах. 22.07.2018


Ардахха санаалар


Ардах да араастаах.

Сааһын түһэр таммах

Сүргэни көтөҕөр аналлаах,

Сайын түһэр самыыр

Сир быйаҥын түстүүр,

Күһүн түһэр өксөөн

Кэлэр сылы кэскиллиир.

Оттон олорор киһиэхэ

Араас санааны саҕар.

Арыт ыраастыыр, суурайар,

Арыт үөрдэр, көтүтэр,

Арыт курус санааҕа салайар

Быһата олох хаамыытын

Доҕуһуоллаан толорор музыка.


Харбалаах. 07.08.2018


Сарсыҥҥы күн


Эрэнэбин сарсын тахсар күҥҥэ,

Эҕэрдэбин ыытабын урутаан,

Эрдэ утуйар буоллум,

Эрдэлээн сарсын тураары.


Сэбирдэх саһарда сорҕото,

От кытарда төбөтө,

Туруйа хаһыыта халлааҥҥа

Курус санааны сахта.


Ол да буоллар

Олус санааҕа түһүмэ,

Олох кэрэтэ-кэрэхсэлэ

Эйиэхэ элбэхтик тиксиэҕэ.


Харбалаах. 29.08.2018


Күһүҥҥү сэбирдэх


Саһарбыт сэбирдэх

Салгыҥҥа тэлээрэн

Санаам ситимэр

Санатта элбэҕи.


Тирии этэрбэс

Тирэччи тардынан,

Таҥас суумка

Туора сүгүллэн,


Ынах хомуйар

Ыллыкпыт устунан

Ырыа аргыстаах

Ытыллан испиппит.


Ол үтүө кэмтэн

Олус элбэх сэбирдэх

Оҕо сааспын санатан

Оройбор түстэҕэ.


Дөксө да түстүн,

Доҕотторбор эмиэ,

Дьоллоох оҕо саас

Дуораанын санатан.


Сатал. 20.09.2018


Олох уһуна төһөнүй?


Киэҥ сырдык түннүкпэр

Көстөр саһарбыт хатыҥчаан,

Күһүҥҥү хаҕыс тыалтан

Тэлибирии мөхсөр сэбирдэх.


Сэбирдэх саһарбыт кырдьан,

Үйэтэ туоллаҕа арааһа,

Тоҕо баҕас түргэнэй

Кини кылгас олоҕо.


Оттон хатыҥчаан умнаһа

Тыыннааҕын бэлиэтэ имигэс,

Тулуйар тыал охсуутун,

Тамнанар көмүс сэбирдэҕин.


Хатыҥчаан олоҕор

Аастаҕа биир сыл,

Сэбирдэх кылгас олоҕо

Баара суоҕа биир сайын.


Олох араастык бэриллэр

Олорон ааһарга бу сиргэ,

Кимиэхэ — сүүс сыл,

Сороххо — аҕыйах хонук.


Харбалаах. 20.09.2018


Сиэн уол


Дьиэм аана тэлэллэн,

Тымныы салгын кутуллан,

Онно тэҥҥэ олорсон

Киирэн кэллэ сиэним уол.


Өрүү бэргэһэтин өрө аста,

Муннун аннын сотунна,

Дьиэ иһин эргиччи

Элэс гына көрүннэ.


Дорообо, быраһаай суох,

Туура тэптэ саппыкытын,

Уһулу биэрдэ сонун,

Элитэн кээстэ бэргэһэтин.


Дьэ, өй ылла бадахтаах:

«Эһээ, эбээ, дыраастый,

Таһырдьа тымныы, ыччакый,

Аһыам кэллэ, аччыкпын».


Эбээ остуол тула

Элэҥнээтэ ас тардан,

Эһээ таҥас хомуйан

Куурда уурда бэрийэн.


Үс саастаах сиэн уол

Кэтэһиилээх мааны ыалдьыт,

Дьиҥнээх сүрэх чопчута

Тиийэн кэллэ бураллан.


Сатал. 23.09.2018


Биэс тарбах бэчээт


Хаһан этэй, доҕоттоор,

Саҥа сыа хаарга

Тарбахтарбытын саратан

Илии баттыыр күннэрбит?


Ол үтүө кэмнэрбит

Көттөхтөрө тумаҥҥа,

Оҕо сааһы санааммыт

Көнньүөрэбит астына.


Быйыл саҥа туһэр

Сыа хаарбыт намылыйан,

Тураат хайаан да,

Бэчээт ууруом ытыспынан.


Оҥорбут бэчээппин астына

Одуулуом уһуннук сыныйан,

Оҕо сааһым доҕотторун

Ахта саныам эргитэн.


Сатал. 29.09.2018


Бастакы кырыа


Күһүҥҥү хахсаат тыал

Хастаан барда чараҥмын,

Ханна баарый бэҕэһээҥҥи

Көмүс солотуулаах чараҥым?


Саныыр санаам утаҕа

Сүөм түстэ өмүттэн,

Күһүҥҥү көстүүм барбыта

Сөҕүмэр түргэнин соһуйан.


Тахсар күн суһумар

Чараҥым кылбайда күлүмнүү,

Үрүҥ көмүс кырыанан

Киэргэммит таһаатын көрдөрөн.


Санааҕын түһэримэ, оҕонньор,

Оҕолор оонньууллар толооҥҥо,

Кырыалаах кэнчээригэ сырсаллар,

Ол аата — олох салҕанар.


Сатал 3.10.2018


Оҕо сааспар кэллим


Тэйэн ыраах сылдьан,

Арыт түүлбэр көрөн,

Төрөөбүт улааппыт алааспар

Тиийэн кэллим ахтан.


Арай эмискэ көрдөххө

Алааһым эмиэ кырдьыбыт,

Оонньуур титирик ойуурбут

Тэҥкэ тиит буолбут.


Алаас илин саҕатыгар

Хатыыскалыыр үрдүк сыырбыт

Ото-маһа суох буолан

Тараҕайа килэйбит.


Сайыҥҥы сылаас күн

Чомполонор быллаар уубут,

Чөҥүрүк чүөмпэ буолан

Хомус отунан күрүөлэммит.


Оҕо сааһым өйдөбүлэ

Алааһым миэнэ дууһабар,

Өрүү ыраас, сылаас

Олорон хаалбыт букатын.


Харбалаах. 13.10.2018


Күһүҥҥү Аммам


Чүөмпэ үрдүк биэрэгин

Чанчыгар туран көрөбүн

Чаҕылыйа устар Аммам

Чаччаарыйбыт нүһэр күлүгүн.


Чампарыктыйбыт кытылыгар

Чаҕыллар тоҥ чэй таас,

Чысхаан охсор талаҕыттан

Чыычааҕым да мэлийбит.


Ууллубут сибиниэс устарыныы

Эбэм уута ыараханын,

Арай үөскэ хачыгырыы

Халҕаһа кыдьымах харылыыр.


Уһун кыһыҥҥа саптыныа

Халыҥ муус хаатын,

Ыраас уута илибирии

Устуо мууһун аннынан.


Харбалаах. 18.10.2018


Идэһэ күнүн кэтэһии


Халлаан олох тымныйбат,

Хайдах эрэ буоллубут,

Хаарбыт да суох,

Хара сиргэ сылдьабыт.


Идэһэ сиэри салбанан

Илин халлааны маныыбыт,

Иһит, хомуос тыаһатан

Итии салгыны кыйдыыбыт.


Идэһэ сибиэһэй миинэ

Иһэргэ минньигэс буоллаҕа,

Итии сыалаах эти

Эмэ олорор амтана.


Сүөһү ииппэт сахалар

Суохтууллар идэһэ күнүн,

Сүпсүлгэннээх күндү күнү

Сибиэһэй хара ас сытын.


Харбалаах. 18.10.2018


Бастакы хаар


Бүгүн халлаан хааһаҕын

Быһынна тардыы быата,

Былыттан бытааннык тэлээрэн

Баһаам да хаар түстэҕэ.


Кыһын кырылас кырыата

Кыстык хаар буоллаҕа,

Кырыһын, күөх отун

Кыраһа хаарынан саптаҕа.


Саас кэлиэ кэмигэр,

Сырылас сылаас түһүөҕэ,

Сыһыы хаара ууллуоҕа,

Сүрэхпит эдэрдии тэбиэҕэ.


Харбалаах. 25.10.2018


Комсомол үбүлүөйэ


Сүүс сыл туолла,

Сүрүн, бириэмэ түргэнин!

Сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр

Сүппэттэр ол сыллар.


Комсомол түбүктээх күннэрэ,

Көҕүлүүр, түмэр кэмнэрэ

Кэрэтик кэрэһи буоланнар

Кэккэлээн ааһаллар бу баардыы.


Сотору-сотору субботник,

Сороҕор үөрүүлээх мойуопка,

Саһар-куотар санаалаах

Суох этэ ол сахха.


Ыччат дьон саныыра:

Мин оҥоруохтаахпын бастакы,

Мин кыайыахтаахпын итини.

Кырдьыга да оннуга.


Уокка умайбат,

Ууга тимирбэт,

Дьэбин сиэбэт,

Дьиҥнээх доҕор, Комсомол!


Харбалаах. 26.10.2018


Үбүлүөйгэ


Улуу убайбыт Ойуунускай

Үрдүк аатын сүгэр

Таас дыбарыас иһигэр

Түмүстэ, комсомол актыыба.


Барабаан тиҥийэр тыаһынан,

Горна ыҥырар күүһүнэн,

Кыһыл хаалтыс бааныылаах

Пионер оҕолор киирдилэр.


Кырыа охсубут баттахтаах

Сытыы, умайар харахтаах,

Эдэрдии эрчимнээх саҥалаах

Комсомуол хоһууна муһунна.


Кыһыл былаах, былакаат

Ыҥыраллар күүрээҥҥэ, үлэҕэ,

Урукку кыайыылар, хотуулар

Кэрэһи суруга буоланнар.


Мустубут дьонум хараҕар

Бу баардыы көстөллөр

Уохтаах эдэр саас

Күлүмнүүр кэрэ күннэрэ.


Бүгүҥҥү мустуу эптэҕэ

Эстибэт эрэли, эрчими,

Эйэлээх олоҕу тутарга

Өссө дьаныардаах дьулууру.


Чөркөөх. 29.10.2018


Күһүҥҥү кэпсээн


Тыабар таҕыстым — чуумпу да чуумпу,

Хаар түһэр — бытаан да бытаан,

Чэбдик салгын — ыраас да ыраас,

Дойдум миэнэ — кэрэ да кэрэ.


Халлаан былыттаах, сылаас да сылаас,

Хаарбыт халыҥаата, сымнаҕас да сымнаҕас,

Кыстык салҕанар, үчүгэй да үчүгэй,

Саха санаарҕаабат, үөрэр да үөрэр.


Идэһэ барахсан эмис да эмис,

Муҥха собото дэлэй да дэлэй,

Лааппы аһа ыарыыр да ыарыыр,

Саха онтон кыһаммат да кыһаммат.


Батсаап барахсан айманар да айманар,

Аэропорт аата ахтыллар да ахтыллар,

Болуоссат даҕаны хаалсыбат да хаалсыбат,

Аччыктаабат саха аахайбат да аахайбат.


Харбалаах. 15.11.2018


Муҥхаҕа


Оҕо сааһым аргыстарын

Муҥха күрэҕэр көрүстүм:

Толуу бухатыыр Миисэни,

Сыыдам туттуу Бүөккэни.


Майдаан хаарын күрдьэ,

Чардаат мууһун ыраастыы,

Мөҕүстүбүт тиритэ,

Кэпсэттибит астына.


Ааспыт уонунан сыллар

Сорсуппуттар эбит биһини,

Маҥан буолбут баттахпыт,

Сыылба буолбут сырыыбыт.


Элбэх хаарга бэриммэтэх

Тэбэнэт хара харахпыт,

Дьээбэҕэ тэптэр кэпсээммит,

Оҕолуу эдэр дууһабыт.


Ыраас мууска тустаары,

Кыратык табыйсан ылаары,

Тыл көтөҕөн көрдүбүт,

Күлсэн быара суох бардыбыт.


Эһиилги муҥха күрэҕэр

Тиийэр инибит диэтибит,

Этэҥҥэ буолуохха дэсиһэн,

Илии тутуһан тарҕастыбыт.


Харбалаах. 20.11.2018


Муҥха аһатта


Анньыы тыаһа чыбырҕаан,

Чэгиэн мууһу көөрөтөн,

Чардаат ойбон хараарда

Чугаһаата улахан муҥха.


Эрчимнээх эдэр уолаттар

Элэстэнэ мөхсөннөр

Эмиэ кынат таҕыста,

Эрэннэрэр ийэ көһүннэ.


Чардаат уута оргуйда

Чахчы балык кэллэ.

Чуор куолас соруйда:

«Чугас турумаҥ чардаакка!»


Балык баһар уолаттар

Бырдааттана сүүрдүлэр.

Балык бөҕө баһыллан

Буруолуу сытта майдааҥҥа…


Харбалаах. 20.11.2018


Кыһыҥҥы тыабар


Кыһыҥҥы тымныы салгын

Кыламаммар кырыа ыйаата,

Тыынар сылаас тыыным

Туман буолан көттө.


Суоһу биэрбэт күнүм

Сардаҥата оонньоото,

Кустук араас өҥө

Кыламаммар умайда.


Тымныы салгын лыҥкыныыр

Тыа иһэ иһийэн чуҥкунуур,

Күөх халлаан киҥкиниир,

Онтон мин дууһам ыллыыр.


Сарсыҥҥы күн — сонун,

Сарсыҥҥы күн — дьол,

Сарсыҥҥы күн — эйэ,

Сарсыҥҥы күн — олох.


Харбалаах. 23.11.2018


Күн эргиирэ


Сир эргийэр тохтообокко,

Күн тахсар сылайбакка,

Олох устар уолуһуйбакка,

Оттон мин хайыыбын?..


Мин үөрэбин үлэттэн,

Үчүгэй доҕор дьоммуттан,

Оҕолорум, сиэннэрим бары

Этэҥҥэ аттыбар баалларыттан.


Эргийэн кэлэр күн

Эрчим күүһү эптин,

Эрэли, эйэни иҥэрдин,

Эдэрдии санааны киллэрдин!


Сатал. 28.11.2018


Уратыбыт суох


Оҕо төрүүр ытаан,

Ыт төрүүр ыйылаан,

Кулун төрүүр кистээн

Хамсыыр эрэ барыта

Орто дойдуга кэлиитэ

Саҥа таһаарар анала.


Олох олорор кэмигэр

Оҕо саҥарар, кэпсэтэр,

Ыт үрэр, ырдьыгыныыр,

Сылгы кистиир, иҥэрсийэр

Кыһалҕаларын кинилэр

Быһаарсаллар саҥарсан.


Олох бүтэр уһугар

Киһи ынчыктыыр, ытыыр,

Ыт саҥата суох сырдыргыыр,

Сылгы тыынар дириҥник —

Орто дойдуттан арахсарга

Олох олорон бүтэргэ.

Сатал. 04.12.2018

2019

Сүөргүлүүбүн


Ороһооспо дии-дии ойуоккаластылар,

Таҥха дии-дии таҥкычахтаннылар,

Сүллүүкүн дии-дии сырсыакаластылар,

Өй- санаа ытылынна, ыгыһынна.


Бастаахтыын-баҕастыын

Чардаакка киирдилэр,

Иһити-хомуоһу барытын

Иччилээн илгиһиннэрдилэр.


Сөбүн-сөтөгөйүн билбэтим,

Саха киһитэ үксүтэ

Сүөргүлүүр көстүүтэ буоллаҕа,

Сүбэлиэм этэ, үлүһүйүмэҥ…


Сатал. 6.01.2019


Утуйуу да араастаах


Оҕо киһи барахсан

Ороҥҥо тиийбэккэ утуйар,

Уһун түүн киниэнэ

Биллибэккэ ааһыаҕа.


Орто саастаах дьоҥҥо

Олохтоохтук орону оҥостуу,

Сылайбыт эти-хааны

Сынньатаары утуйуу.


Сааһырбыт барахсаттар

Сатаан да утуйбаттар,

Сарсыарда сыттыктан

Сылайан да тураллар.


Санааны түһэрбэккэ

Саҥа күҥҥэ үөрүөххэ,

Утуйуохха дылы кэми

Туһалаахтык атаарыахха.


Сатал. 13.01.2019


Атыҥырааһын


Саха уола ырыаһыт

Аатырда Арассыыйаҕа,

Арай мин көрдөхпүнэ

Атыҥырыыр курдукпун.


Ырыата ырыаттан атына,

Таҥаспыт да тырыттыбыт,

Сирэй-харах ойуута

Таһыччы атын саха.


Оройдоттум дьэ мин:

Олох уларыйбыт тосту,

Олох содуллаах ыллыгынан

Соһон эрэллэр саханы.


Санааҕын түһэримэ, саха,

Самнарар санаалаах элбэх,

Саха самныбат саргылаах,

Сахабыт тыла тыыннаах…


Сатал. 13.01.2019


Бириэмэни харыстаа


Тарбах быыһынан саккырыыр

Ыраас кумах кэриэтэ,

Олох биэрбит кэмэ

Тохтообокко суккуллар.


Бириэмэ сүүрэр тэтимин

Туох тохтотуо буоллаҕай?

Тохтуура да кыаллыбат,

Олоҕу сойутар сатаммат.


Биһиэхэ бэриллибит бириэмэ

Барыта бэйэбит гиэнэ,

Бэриллибити толору туһанар

Бэйэбититтэн тутулуктаах.


Хас тахсар саҥа күнү

Саҥа көрбүттүү үөр,

Салҕыбакка, сылайбакка

Олох дьолун ыймахтаа.


Сатал. 17.01.2019


Саа — эрэллээх доҕор


Сур бөрөлөр сундулуһан

Соҕуй хочотун булбуттар,

Сылгы үөрүн манааннар

Сэппэрээк кэтэҕэр саспыттар.


Сылгыһыт уол Саабын

Сыыдам айаннаах атынан

Сылгыларын эргийэн иһэн

Суоһар кыыллары көрүстэ.


Соһо сылдьыан ыарырҕаан,

Саатын үүтээн иһигэр

Суулаан баран уурбутун

Сонньуйа санаата билигин.


Саха хаһан баҕарар

Сыһыыга сылдьарын тухары

Соһуох тустаах саатын

Соҕотох эрэллээх доҕорун.


Сатал. 18.01.2019


Билинии

Син халыҥ кинигэ

Сытар остуолбар миэхэҕэ,

Ситэри ааҕаары ыламмын

Сирэйин арыйдым аргыыйдык.


Арай эмискэ дьик гынным,

Алыс билэр дьонум

Ааспыт кэмтэн, ыраахтан

Аһары миигин көрөллөр.


Олордум уһуннук дөйүөрэн,

Одуулуу ол дьон хараҕын,

Олох барбыта түргэнин,

Оҥорбут сыыһабыт сүҥкэнин.


Уопсай түһүү хаартыска

Улахан мунньахха мустубут

Урукку дьон бастыҥын

Уһулан хаалларбыт үйэҕэ.


Ол саһарбыт хаартыска

Олох атын дьонноро

Олорторо эбээт кинилэр

Олох тупсарын туһугар.


Кинилэр баҕараллара элбэҕи,

Киһи барыта дьоллонуон,

Кыһалҕа кыһарыйара кыайтаран,

Кыаммат диэн суох буолуон.


Ол туһугар олохторун

Охсуһуу уотугар биэртэрэ,

Охсуулаах үлэнэн оргуйан

Олохтон эрдэ бартара.


Кинилэр аны суохтар,

Оттон мин баарбын.

Алҕаспын кинилэргэ билинним

Ааспыт олоҕу таҥнарбыппын.


Сатал. 18.01.2019


Сиэнтэн дьоллонуу


Саҥа күн күөрэйдэ

Сиэммит уһуктан турда,

Чуумпу дьиэбит уһугунна,

Турбут салгын чугдаарда.


Эбээ эрийбит күөрчэҕэ,

Алаадьыта, барыанньата

Сандалыга муһунна,

Муннуну кычыгылатта.


Бары тула олорон,

Саҥа күнү саҕалаан,

Эбээ минньигэс аһын

Мотуйдубут астына.


Маҥнай турда сиэммит,

Эбээтигэр махтанна,

Оонньуу барда хоһугар

Саҕаланна саҥа күн.


Сылаас чэйбитин сыпсырыйан,

Сиэммититтэн дьоллонон,

Күөрэйбит күнтэн үөрэн,

Толору дьоллоохпут бу күнтэн.


Сатал. 18.01.2019


Таҥха туһата


«Таҥха», — дииллэр ыччаттар,

Таҥараҕа тиксэр кэриэтэ.

Дьиҥэр ону оҕуруктаахтар

Дьону муоһалаары айбыттар.


«Таҥха», — дииллэр өйдөөхтөр,

Тугу эрэ туһанаары,

Дьон өйүн сүүйэн

«Дьоһун» дьон буолаары.


«Таҥха», — дииллэр сорохтор,

Таарыччы харчы оҥороору,

Дьиҥин-тугун билбэккэ

Дьалҕаантан ас таһаараары.


Сатал. 18.01.2019


Сэбирдэх олоҕо


Алаас саҕатыгар турар

Кырдьаҕас хатыҥым анныгар

Күн арҕаа охтуута

Көхсүбүнэн өйөнөн олортум.


Саһарбыт хатыҥым аргыыйдык

Сипсийэн саҥарар курдуга,

Сонньуйбут санаа ситимэ

Сүүрэрэ саһарбыт лабааттан.


Өр одуулаан олордум

Киэһээҥҥи саһарҕа уотугар,

Умайар сэбирдэх ойуутун

Уостар олох хаамыытын.


Хас биирдии сэбирдэх

Бэйэтэ туспа олох,

Олоҕун толору олорбут

Сотору тыаһа суох түһүөҕэ.


Сэбирдэх хатыҥ туһугар

Олох олорон бүттэҕэ,

Оттон мин туох иһин

Олохпун анаатым бу сиргэ?..


Сатал. 29.01.2019


Доҕорум чооруос


Тымныы муус оҕуһа

Ситтэ-хотто, күүһүрдэ,

Сиэлийэр муоһа кытаатта,

Тыынар салгына туманнанна.


Тоҥ сири хайыта үктээтэ,

Халыҥ мууһу тоҕута тыынна,

Хоту халлааммын уматан

Дьүкээбил уотун оонньотто.


Арай чооруос чыычаах,

Тоҥ мутукка ойуолаан,

Сыгынньах кыл атаҕар

Күн үтүөтүн бараата.


Чооруос куттаммат оҕустан,

Ол иһин кини мөхсөр,

Олох олороруттан үөрэр,

Оҕо-уруу тэнитэр.


Мин да толлубаппын

Тымныы муус оҕуһуттан

Саха оҕото буолабын,

Чооруос чыычаах доҕордоохпун.


Сатал. 30.01.2019


Үбүлүөйгэ


Бэҕэһээ дьоро күн

Аймах Далбар Хотуна

Алта уон бэһис хаарын

Охторбут күнэ!


Ыраас, сылаас дьиэ,

Мааны астаах сандалы,

Улахан убайдар, саҥастар,

Аҕам саастаах аймахтар.


Үөрүүлээх остуол

Соһуччу үөрүүтэ

Сиэн кыра кыргыттар

Салаат бастыҥын астаабыттар.


Аҕа баһылык Дьөгүөр

Аймах тутаах киһитэ,

Ыраахтан кэлбит Боккуойа,

Ыпсарбыттар тэрээһини.


Күө-дьаа, ирэ-хоро

Көрдөөх кэпсээн,

Көр-нар күөдьүйдэ,

Көҕүлүттэн тутулунна.


Арыылаах саламаат кэннэ

Амарах алгыс тыллар

Аймах билэ дьонтон

Ананнылар юбилярга.


Дьокуускай. 05.02.2019


Аммам кытылыгар олорон


Сааскы чуумпу сарсыарда

Күммүт таҕыста хайаттан,

Аммам барахсан нуурайан

Ыраас ньуура килбэйдэ.


Уу үрдүнэн хоптолор

Аргыый охсунан көтөллөр,

Кыралаан саҥаран, кэпсэтэн

Олохтон дуоһуйар курдуктар.


Өрүһүм сиэркилэ ньууругар

Балык сэмсээн оонньоото,

Биэрэккэ үүммүт талаҕым

Күлүгүн эбэҕэ көрүннэ.


Ыраах үөскэ куоҕастар

Умсаллар, усталлар, оонньууллар,

Эбэм тымныы уутугар

Таптал уотугар сылдьаллар.


Үрдүк кытылга олорон

Ахтыбыт Аммабын көрөбүн,

Мүөттээх сөрүүн салгынын

Дуоһуйа толору тыынабын.


Сатал. 13.02.2019


Олох сокуона


Ыттан ыһык ирдээбэттэр,

Ытанньахтан көмө көрдөөбөттөр,

Ытыһы тоһуйар умнаһыттар

Ынах ыан абыраабаттар.


Көрдөс көмөнү үлэһиттэн,

Сүбэлэт олоххор сүгэһэрдээхтэн,

Ыйдар суолгун кырдьаҕастан,

Айаҥҥа аргыстас доҕоргунаан.


Бэйэҥ көмөлөс мөлтөөбүккэ,

Сүбэлээ эрэнэн көрдөспүккэ,

Өйөө үтүө ыралааҕы,

Көмүскээ кырдьыгын күөмчүлэппити.


Олох сокуона чопчу

Оҥоһуллубута ыраатта,

Ол да буоллар билигин

Ону тутуспат дэлэччи.


Сатал. 14.02.2019


Олох көрдөбүлэ


Уһуктаат ойон турума,

Ороҥҥо сытан санаа

Ааспыт күнүҥ туһунан.

Бүгүҥҥү күнү ыралаа,

Ааспыт күҥҥэ тэҥнээн.

Бүгүҥҥүнэн олор дииллэр,

Олох сыыһа суолу

Соруйан ыйан этэллэр.

Кэлэр кэми — кэскили

Ыйдаҥарда санаабат

Ычата кыра дэнэрэ

Ыччакка дьэҥкэ буолуохтаах.

Олоруохха, ааспыты ахтан,

Олоруохха, бүгүҥҥүнү ыпсаран,

Олоруохха, инникини ыралаан,

Барытын сааһылаан, тэҥилээн.


Сатал. 19.02.2019


Ахтылҕан арааһа


Ахтылҕан, ахтыы

Аһара дьикти түгэн.

Ахтылҕан арыт аалар,

Курас тыал курдук

Куурдар, хатарар дууһаҕын.

Ахтылҕан арыт ыҥырар

Кэрэҕэ, сырдыкка, ыраахха.

Күүскэр күүс эбэр,

Ыраах сиэтэн барар.

Ахтыы курас тыала

Эрийбэтин эйиигин.

Үтүө өрүттээх ахтылҕан

Сылаас тыала сипсийдин,

Дууһаҥ уотун күөдьүттүн.


Сатал. 22.02.2019


Бастыҥ бырааһынньык


Бүгүн сааскы күн,

Бүгүн иэйии күнэ,

Бүгүн иэйэхсит күнэ,

Бүгүн Дьахтар күнэ.


Эбээ сылаас таптала,

Ийэ бүппэт таптала,

Ойох минньигэс таптала

Олох хорук тымыра.


Кинилэр баар буоланнар

Күннэтэ олох салҕанар,

Кэрэҕэ тардыһыы

Кэхтибэккэ сайдар.


Киһи-аймах аҥарын

Кэрэ дьикти дьоммутун

Кэлбит мааны күнүнэн

Күҥҥэ тэҥнээх эҕэрдэ!


Кэрэ мааны дьоммут,

Кэхтибэтин үүннэрбиккит,

Көҕүрээбэтин бүөбэйдээбиккит,

Сайыннын саҕалаабыккыт!


Сатал. 08.03.2019


Бүппэт мөккүөр


Кырыалаах кыһын уораана

Сааскы сылаас салгынныын

Уһун удьуордаах мөккүөргэ

Хатыстылар дьиҥнээхтик.


Күлүк-хорҕо сиргэ

Күн сылаас утаҕа

Кырыа көмүс кыырпаҕын

Көрдөрбүтүнэн көтүттэ.


Аһаҕас чэгиэн сиргэ

Тымныы салгын сүүрээнэ

Кыраһа хаары көтүттэ,

Дьыбарынан супту үрдэ.


Дьыл дуолан киирсиитэ 

Дьикти кэрэ көстүү,

Дьиҥэр онтон салгыбыт

Дьиҥ олоххо суоҕа чахчы.


Сатал. 10.03.2019


Сааскы туллуктар


Сааскы кыраһа хаар

Саталы оргууй сапта,

Салгыны сытыытык быһаннар,

Суугунуу көттүлэр туллуктар.


Саас кэлтин биллэрэн

Сыа хаарга сырсаннар,

Сурук бөҕөтүн хаалларан,

Салгыы хоту көттүлэр.


Суруллубут суол суругу

Саҥа көрбүт оҕолуу

Сонурҕаан өр көрдүм,

Сонньуоран да ыллым.


Саҥа сааска үктэнэн,

Сааскы кэлии көтөрү

Саталбар эмиэ көрөн,

Сүрдээҕин үөрдүм саҥаттан.


Сатал. 15.03.2019


«Өрөгөйгө» мустуу


Дьокуускай куораппыт үрдүнэн

Дуорааннаах улахан саҥа

Доргуччу салгыны хамсатта,

Долгуйуу курус тыына

Дьону барытын кууста.

Долгуйбут саха дьоно

«Өрөгөй» дьиэтигэр мустарга,

Ыллыктаах санааны ыларга,

Ытык, бас дьонунуун

Ыпсарыылаах санааны

Ыйаах оҥорорго

Ыҥырыы ыыттылар.

Саха саарын уолаттара

Сыыдам тимир атынан

Сахам сирин сиксигиттэн

Сирилэччи айаннаан

Сугулааҥҥа муһуннулар.

Саха модун санаата

Сүллэр этиҥ буолла,

Сүүлүк, содур үрдүгэр

Силлиэ, холорук ытыллан

Сүрдэрин көтүттэ,

Сүтэргэ күһэйдэ.

Салгыы саҥа күҥҥэ

Саталлаахтык дьаһанан,

Саханы саха дэтэн,

Саргыбытын салайан,

Самныбат туһугар

Сүбэбитин түмүөҕүҥ,

Төбөбүтүн холбуоҕуҥ!


Сатал. 19.03.2019


Аныгы боотурдар


Ааспыт миитин түмүгэр

Араас санаа бассаапка

Айдаан атыыра буолан

Айаатаата аҥардастыы.


Сүлүһүннээх хара санаа

Сүрдээх элбэх эбитин

Саллан ситэ аахпатым,

Сорох дьонтон сиргэнним.


Быдьар тыл элбэҕэ

Бысталаата санаабын,

Баламат хассаар сурук

Барамматын сөхтүм.


Норуотун көмүскээн турбут

Саха хоһуун дьонун

Саарбах санаанан саптылар,

Саатырда, саппаҕырда сатаатылар.


Дьонун, дойдутун көмүскээн,

Дуулаҕа суолга турбут

Дохсун мааны дьоммутун

Дьоруой курдук тутуоҕуҥ!


Онно бааллар оҕонньоттор,

Оҕо, эдэр дьоннор,

Бас-көс салайааччылар,

Боростуой хара үлэһиттэр.


Маннык күүстээх түмсүү

Минньиктиэ кири-хоҕу,

Муунтуйбут элбэх киһи

Муммут суолун булуо.


Олоххо буолар үксүтэ

Оҥорор, айар аналлаах,

Онон үөрүөҕүҥ миитиҥҥэ

Омукпут саргытын туһугар!


Сатал. 21.03.2019


Олоҕуҥ суолун тэл


Тоҥуу хаар.

Тоҕо тоҥуу?

Туохтан сылтаан

Тоҥуу диэтилэр?

Тоҥуу хаары

Тоҕо кэһэн

Тоҥ суолун тобул,

Диэбиттэрэ эбээт.


Өбүгэлэрбит обургулар

Улаҕалаах, удьуордаах

Уһун тыллара

Салайар олохпутун.


Толлубакка толкуйдаа,

Саҥаны ай-тут,

Биллибиккэ дьулус,

Диэтэхтэрэ кинилэр.


Олохпут биһиэнэ

Үгүс кэмэ барыта

Хаары кытта алтыһар,

Хаардыы сырдык-ыраас.


Тоҥуу хаары кэһиэҕиҥ,

Кыра оҕолуу үөрүөҕүҥ,

Тэлбит суолбутун көрүөҕүҥ

Онтон салгыы барыаҕыҥ.


Сатал. 24.03.2019


Өйдөбүл ситимэ


Сыл хонук сыыдамнык

Сылайбакка айанныыр,

Сиргэ үөскээбит барыта

Сиэтиллэн иһэр онно.


Бириэмэ бүтэр эргиирэ

Биирдиилээн ылҕаталаан,

Быраҕар эбээт олохтон

Биһиги күндү дьоммутун.


Хатыҥтан күһүҥҥү сэбирдэх

Хатан, саһаран туллара

Ханыылыы эбээт биһиэхэ,

Хаан саастыы дьоҥҥо.


Сэбирдэхтэн биһиги атыммыт

Суолтан эрдэ туораабыт

Сырдык дууһата, мөссүөнэ

Сүппэт эбээт биһиэхэ.


Сыллар аастахтарын ахсын

Сырдаан, ырааһыран иһэллэр,

Сирдиир сулус буолаллар

Ситэ олорботох доҕоттор.


Сатал. 27.03.2019


Кырдьаҕас ырыаһыттар


Ырыа куттаах кырдьаҕастар

Ыллам ырыа күрэҕэр

Ыраах сиртэн мустаннар

Ырыа ыһыаҕын астылар.


Эбээлэр, эһээлэр барахсаттар

Эйээрэр эгэлгэ куоластара

Эҥсилиннэ дойдум үрдүнэн

Эфир долгунугар олорсон.


Уҥуохтара-иҥиэхтэрэ көнөн,

Сирэйдиин харахтыын сырдаан,

Дууһа сылаас иэйиитин

Бэлэхтээтилэр кинилэр.


Биһиги даҕаны хаалсымыах.

Киҥинэйэн да буоллар,

Ырыа дьикти дорҕоонунан

Дууһабытын манньытыах.


Сатал. 28.03.2019


Соһуччу көрсүһүү


Бүгүн көрүстүм

Былыргы атаспын

Бэрт элбэх дьыл

Биллибэккэ ааспыт.


Атаһым туруга

Аҕай дии санаатым.

Адьас хотторботох

Ааспыт будулҕаҥҥа.


Көрөрө-истэрэ

Кубулуйбатах букатын,

Куолаһа чуора, чуолкайа

Киһим гиэнэ тупсубут.


Арай баттаҕа барыта

Муус маҕан буолбут,

Сүүһүгэр сурааһыннар

Суоллара дириҥээбит.


Атаһым урут эдэриттэн

Арыгыны испэтэх,

Табах диэни тарпатах

Үлэни эрэ өрө туппут.


Күлэр ээ киһиҥ

Хомуньууһун таҥнарбатах.

Олоҕун укулаатын уларыппатах,

Ол оннугар кырдьыбатах.


Дьэ, оннук эбит

Уһун чэбдик олох,

Оҕо сааскар ууруллубут

Укулаатын уларыппат.


Сатал. 03.04.2019


Сааскы тыал


Сааскы тыал түстэ,

Сыһыы хаарын көбүттэ.

Супту үрдэ курдаттыы,

Сиигин-уоҕун көтүттэ.


Суолга ньалҕарыйбыт чалбах

Сүттэ-хатта түргэнник,

Салгын утаппыт курдук

Супту обордо барытын.


Сылы кыстаабыт тайҕам

Сүгэн турбут хаарын

Сиксийэн түһэрдэ санныттан,

Сууммут курдук сананна.


Сааһырбыт, хаппыт мутуктар

Сааскы тыалтан тоһуттан,

Сыа хаарга баттатан,

Саһар-сүтэр буоллулар.


Сааскы тыал сэрэхтээх

Сүөргүлээбитин алдьатар,

Бесплатный фрагмент закончился.

Купите книгу, чтобы продолжить чтение.